Олоцхоьут ыалдьыттаата

Муус устар 9 кунугэр Хоротоо5у библиотека дьиэтигэр Олоцхо научнай институтун урдуку научнай улэьитэ, филологическай наука кандидата, “Ыччат олоцхоьут” тумсуу салайааччыта Юрий Борисов ыалдьыттаан ааста. Бу киэьэ Ю.Борисов “Баьыр5астаах айаннаах Баабый Боотур” олоцхотун оллоонноон олорон эт кулгаахпытынан иьиттибит, “Ноо!” диэн тэптэрэн биэрэн илэ харахпытынан кердубут, ис дууьабытыттан сэцээрэн олордубут. Чахчы талааннаах, киьи кутун тутар толоруулаах олоцхоьут ыччат баар диэн кэлбит ыалдьыттар бары сехтубут-махтайдыбыт.