
Горнай улууһун П. Д.Аввакумов аатынан Киин библиотека “Даньыылап дьыктаана” аахсыйаны республика олохтоохторугар тэрийэн ыытта. Аахсыйа норуодунай суруйааччы, бөдөҥ общественнай деятель төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна. Бу күн, оруобуна биир болдьоммут чааска республика 24 улууһун уонна Дьокуускай куорат библиотекаларыгар уонна оскуолаларыгар дьыктаан суруйуута ыытылынна. Киэҥ нэлэмэн
Сахабыт сирин улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр олорор, үлэлиир дьоммут, үөрэнэр ыччаттарбыт көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук Хоротоо5у модельнай библиотека5а уопсайа 18 киьи кэлэн бу аахсыйа5а кытынна, ол иьигэр 13 оскуола о5ото. Диктант кыттыылаахтара суруйааччы олоҕун, айар, общественнай үлэтин арыйар 25 боппуруостаах тургутууга хоруйдаатылар. Билиилэрин чиҥэтэн, умнубуттарын санаан, эбии чахчылары билэн тарҕастылар.
Акция сыалын ситтэ! Бүтүн республика бар дьоно бүгүн Софрон Даниловы үтүө тылларынан ахтан-санаан аастылар. Дьыктааҥҥа кыттыбатахтар истэн-көрөн, суруйааччы айымньыларын долгуйа-умсугуйа аахпыттарын санаатылар.
Өрүүтүн даҕаны саха чулуу дьонун үйэтитэр тэрээһиннэр ыытылла турдуннар! Норуот таптала үйэттэн үйэҕэ сөҕүрүйбэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕана туруохтун!