
Сэтинньи 25 күнэ Саха Сиригэр Олоцхо күнүнэн биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн нэһилиэк библиотекатыгар оскуола оҕолоругар анаан “Оҕолоор, олорон олоҥхолуохха!” диэн ааттаах, олоҥхону билиһиннэрэр тэрээһин буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ Хоро орто оскуолатын 5, 6, 7 кылаас үөрэнээччилэрэ, уопсайа 26 оҕо, оскуола библиотекэрэ Иванова Софья Еремеевна салайыытынан, В.Каратаев “Модун Эр Соҕотох”, С.Васильев “Мөҥүрүүр Бөҕө”, С.Васильев “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхолорун быһа тардан аахтылар.
Хоро оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан 45 сыл үлэлээбит, олоҥхону дириҥник үөрэппит Евдокия Николаевна Бабаранова ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэлэн олоҥхо тылын-өһүн туһунан кэпсээтэ, араас быһыылаахтык туттан, куолаһын уларытан олоҥхо дьоруойдарын тылларын үтүктэн сэргэх мастер-класс көрдөрдө. Ону таҥынан А.Д.Филиппов аатынан Хоро сынньалаҥ киинин методиһа, Евдокия Николаевна үөрэнээччитэ, ырыаһыт уонна артыыс уол Антон Винокуров олоцхо туһунан кэпсээтэ уонна Н.С.Александров – Ынта Никиитэ “Көр Буурай Бухатыыр” айымньытыттан кылгастык олоҥхолоон иһитиннэрдэ.
Бу тэрээһин түмүгүн көрөн үүнэр көлүөнэбитигэр саха чулуу айымньытын – олоҥхону олохторугар киллэрэн, салгыы сайыннаран таһаарыах оҕолор бааллар эбит диэн үөрэ саныыбыт. Оҕолорго олоҥхоҕо аналлаах тэрээһин бү күнүнэн муцурдаммат, бу үөрэппит олоцхолорун салгыы сайыннарар үлэ барыаҕа.










