1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр – Саха Автономнай Советскай Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ. Бу күн саха норуотун чулуу уолаттара Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов уонна да атыттар Саха сирэ автономия буоларын ситиспиттэрэ. Ол саха омуга сайдыытыгар улахан төһүү күүс, бигэ тирэх буолбута. Саха сирэ урут сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн, балыктааһынынан, булдунан дьарыктанарынан биллэр буоллаҕына, бу сүрүн уларыйыылар кэннилэриттэн сахалыы тылы сайыннарыы, үөрэҕирии күүскэ тэнийэн барар. Көмүс, алмаас, чох, энергетика промышленноһа күүскэ сайдар.
1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр суверенитет туһунан декларация ылыллан сувереннай Саха Өрөспүүбүлүкэтэ конституциятын ылаллар. Саха сиригэр бэйэбитигэр Ил Дархан уонна Ил Түмэн баар, сахалыы гимнээхпит, гиэрбэлээхпит, былаахтаахпыт.
1991 сыллаахха Саха сирин бастакы президиэнинэн Михаил Ефимович Николаев талыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа көнө муннуктаах иэн буолар. Түөрт сытыары дьураа ойуулардаах: сырдык халлаан күөх – көҥүл буолууну, эрэли көрдөрөр; маҥан – тыйыс айылҕалааҕын көрдөрөр, кыһыл – төрөөбүт дойдуга эрэллээх уонна күүстээх буолууну, сайдыыны көрдөрөр уонна от күөх – кылгас күөх сайыны, доҕордоһууну бэлиэтиир. Маҥан төкүнүк – үрүҥ күнү көрдөрөр. Гиэрбэҕэ былыр Өлүөнэ очуос таастарыгар ойууламмыт аттаах киһи ойууланар. Үөһээ сэттэ алмаас таастар сэттэ омугу көрдөрөллөр: сахалар, нууччалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар, юкагирдар, чукчалар.
Бу бэлиэ суолталаах күнүнэн эҕэрдэлиибин! Уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан боппуруостары бэлэмнээтим. Аллараа сигэни баттаан таайын-оонньоон, сынньалаҥмытын туһалаахтык атаарыаҕыҥ.
Основная ссылка: