Дьиэ кэргэн күнүнэн!

Бүгүнн ыам ыйын 15 күнүгэр Хоротооҕу ааҕар дьиэҕэ Дьиэ кэргэн күнүүгэр аналлаах тэрээһин ааста.

Хоро нэһилиэгин оҕо сайдар киинин “Кэскил” уһуйаан иитиллээчилэрин “Мин дьиэ кэргэним” диэн уруһайдарын выставката:

Ону тэҥэ оскуола алын кылаастарыттан биирдии оҕо төрөппүтүн кытары кэлэн квест уонна Поле-чудес оонньууларга көхтөөхтүк кытыннылар.

Квест оонььуу 4 түһүмэхтээх ааспыта:

10/10 – саха суруйааччыларын толору ааттарын псевдонимнарын кытары холбооһун:

Уруһуй таҥан, аныгыскы сорудаҕы булааһын:

Шифрынан туһанан кистэлэҥ айымньы сүрүн геройун уонна суруйааччытын таайаллар. Ол кэннэ ол кинигэ иһиттэн аныгыскы сорудахтарын көрдүүллэр.

Түргэн эппиэт. Судургу ыйытыктарга оҕо уонна төрөппүт хоруйдара төһө сөп түбэһэр эбитий.

Поле-чудес оонньууга сахалыы тыллары таайыыга көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оҕолор бу оонньууга  бэйэлэригэр сахалыы саҥа тыллары таайан, бириис сүүйэн астыннылар.

Бары кыттааччыларга, учууталларга Наталья Ивановнаҕа, Виктория Александровнаҕа, Софья Еремеевнаҕа улахан махтал!