Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кинигэ күүһэ”аахсыйа Хоротооҕу оҕо сайдар киинин “Кэскил” уһуйаанын оҕолоругар

Ааҕар дьиэҕэ Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Дети Азии” фонд стипендиатката, билигин сынньалаҥҥа олорор Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Тимофеева Тамара Елисеевна Хоротооҕу оҕо сайдар киинин “Кэскил” уһуйаанын иитиллээччилэригэр Үөһээ-Бүлүү улууһун киэн туттар норуот суруйааччытын, элбэх ырыа авторын, поэтын Петр Николаевич Тобуруокап туһунан билиһиннэрдэ, киниэхэ үөрэнэ сылдьыбытын туһунан ахтан ааста. Бүөтүр Тобуруокап хоһооннорун уһуйаан иитиллээччилэрэ үгүстүк билэллэринэн үөртүлэр. Таабырыннары көхтөөхтүк таайдылар уонна зарядкалаан ыллылар. Онтон болҕойон олорон Бүөтүр Тобуруокап “Аай-ай, Уой-ой, Ээй-эй” остуоруйатын сэргээн иһиттилэр.

Тамара Елисеевна опыттаах иитээччи буоларын быһыытынан оҕолору кытары биир тылы булан көрсүһүүбүт сүрдээх үөрүүлээхтик, сылаастык ааста, оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар, үөрдүлэр-көттүлэр, астыннылар!

Күндү ыалдьыппытыгар Тамара Елисеевна Тимофееваҕа, уһуйаан иитээччитигэр Тамара Владимировна Ефремоваҕа уонна уһуйаан иитиллээччилэригэр улахан махталбын тиэрдэбин!