Өрөспүүбүлүкэлээҕи “Кинигэ күүһэ” акция оскуола оҕолоругар

Биһиэхэ Үөһээ Бүлүү бочуоттаах учуутала Кузьмина Розалия Дмитриевна ыалдьыттаата

Бу күн Софья Еремеевна Иванова – Хоро орто оскуолатын библиотекэрэ алтыс кылаас оҕолорун илдьэ киирбитэ  уонна саха норуодунай суруйааччытын Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа олоҕун туһунан билиһиннэрдэ.

Онтон Розалия Дмитриевна бэйэтэ кинилэр саастарыгар сылдьан аахпыт ”Сааскы кэм” кинигэттиттэн быһа тардыытын ааҕан иһитиннэрдэ. Оҕолор болҕойон олорон иһиттилэр, сэргээтилэр. Ромаҥҥа баар таабырыннары,  көхтөөхтүк таайдылар.

Көрсүһүүбүт сүрдээх интэриэһинэйдик ааспытыгар Розалия Дмитриевнаҕа, Софья Еремеевнаҕа уонна алтыс кылаас үөрэнээччилэригэр махталым бастыҥын тиэрдэбин!