Хоротоо5у Ийэ тыл түмсүүтэ Харбалаахха “Ийэ тыл – көмүстээх үрүйэ” тэрээһиҥҥэ.

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Хоротооҕу Ийэ тыл түмсүүтэ Василий Иванов салайааччылаах Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтэ салайан ыыппыт «Ийэ тыл – көмүстээх үрүйэ» диэн тэрээһинигэр кытынна. Тэрээһин саха норуотун суруйааччыта Николай Гаврильевич Золотарев – Николай Якутскай 115 сааһыгар ситимнэнэн ааста.

Көрсүһүнү И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин сүрүн үлэһитэ Семенова Евдокия Павловна саҕалаата. Ийэ тыл сүбэтин салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров, Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов, Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Дмитрий Иванович Кононов тыл эттилэр. Харбалаах нэһилиэгин 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар.

Түмэл дириэктэрэ Светлана Даниловна Копыленко ыалдьыттарга Николай Якутскай олорон ааспыт олоҕун, айар үлэтин туһунан билиһиннэрдэ.

Суруйааччы төрөөбүт уонна олорон ааспыт алаһа дьиэтигэр сэргээн сырыттыбыт.

Салгыы Николай Якутскай төрөөбүт алааһыгар – Дөлөкөйгө тиийэн төрөөбүт дьиэтин оннун, алааһын туһунан Евдокия Павловна сэргэхтик кэпсээтэ. Сэргэ, дүлүҥ тыы көрдөөн оонньоттулар. Онно сэргэни бастакыннан Раиса Ивановна булан Николай Якутскай саҥа бэчээттэммит кинигэтин Хоротооҕу ааҕар дьиэҕэ бэлэх ыллыбыт.

Сибиэһэй салгыҥҥа чэйдээн, тото-хана аһаан баран Харбалаах нэһилиэгин культуура дьиэтигэр “Төлкө” Ийэ тыл түмсүүтүн үлэтин былаанын иһиттибит, сэргээтибит, санаа үллэһиннибит.

“Ийэ тыл – көмүстээх үрүйэ” тэрээһин Хаарчаана Семенова оһуохайынан түмүктэннэ.