Бүгүн сэтинньи 22 күнэ – саха сирин биир киэҥник биллэр, таптаан ааҕыллар суруйааччыта Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сыла. Кини саха прозатын үчүгэй айымньыларынан байытыспыт өҥөлөөх. Николай Якутскай Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ.

Николай Якутскай 1908 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 11 сааһыгар Харбалаах начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үһүс сылыгар гражданскай сэрии саҕаламмыта, онно кинини комсомолга ылбыттара. Бүлүү куоратыгар 8 кылааһы бүтэрбитин кэннэ Владивостоктааҕы байыанннай оскуолаҕа ыыталлар. 1930 с. Владивосток уоракка Кыһыл Армия командирынан сокуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэр уонна Молдавияҕа пограничнай чааска сулууспалыы барар. Сулууспалыы сылдьан Н.К.Крупская аатынан академияны бүтэрэр. 1938с. демобилизацияланан, кэргэнин дойдутуйгар, Тирасполь куоракка хаалар. Бу кэмҥэ украина, Молдавия хаһыаттарыгар нууччыла тылынан очеркалары суруйар уонна “Николай Якутскай” диэн илии баттыыр буолар. Бу псевдонима, кини норуотунан киэн туттуутун, Сахатын сиригэр тапталын, ахтылҕанын кэрэһитэ буолар.
1941с. Николай Гаврилович дойдутугар төннөр, партийнай пропагандист быһыытынан араас улуустары кэрийэн лекция, дакылаат оҥорор.
1946с. – суруйааччылар союзтарын чилиэнэ, 1948-1953сс., 1958-1961сс. суруйааччылар союзтарын бэрэссэдээтэлэ.
1956с. А.М.Горькай аатынан институт Үрдүкү литературнай куурсугар үөрэммитэ. 1956-1958сс. “Хотугу сулус”, “Полярная звезда” сурунаал эппиэттиир секретарынан, 1961 сыл ыам ыйыттан идэлээх суруйааччы быһыытынан үлэлиир.
1948с. бастакы кинигэтэ аатырбыт романа “Төлкө” бэчээттэнэр. Аҕа дойду сэриитин кэннэ саха прозатыгар биллэр-көстөр айымньыта “Көмүстээх үрүйэ” сэһэнэ тахсар. Николай Якутскай суруйааччыларыттан бастакыннан алмааһы хостооччулар үлэлэригэр анаан уус-уран айымньыны суруйбута: “Алмааһы көрдөөччүлэр”, “Алмаас уонна таптал”, “Маҥнайгы хамнас”.
Николай Якутскай кыра, орто саастаах оҕолорго анаан кыыллар тустарынан кэпсээннэри, остуоруйалары айбыта: “Куобах туохтан кутуруга суох буолбутай?”, “Эһэлээх бөрө иирсээннэр”, “Эһэ оҕотун эрэйдээх сырыыта”, “Куобахтааҕар куттас”, “Сир кыыһа”, “Арбы-Сарбы”, “Таһыгыраан оҕонньор уолаттара”, “Сэрэхтээх Сэмэликээн”, “Ойуур оскуолата” уонна да атыттар.

Кэлэн выставканы көрүҥ сэргээҥ