“Остуоруйа холбуката”

Сэтинньи 22 күнүгэр Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык киһитэ Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан “Остуоруйа холбуката” диэн тэрээһин ааста. Бу тэрээһин оҕолорго сахалыы суруйааччылары, остуоруйалары билиһиннэри, сырдатыы, оҕолорго сахалыы тылга, остуоруйаларга тапталы иҥэрии сыаллаах-соруктаах ааста.

Остуоруйалары аахтылар Оҕо сайдар киинин уһуйаана “Кэскил” иитээччилэрэ Тамара Владимировна Ефремова уонна Александра Анатольевна Егорова.

Александра Анатольевна “Куобахтааҕар куттас” диэн остуоруйаны ааҕан иһитиннэрдэ. Онтон Тамара Владимировна “Мөккүөр” остуоруйаны аахта. Оҕолор сэргээн иһиттилэр. Ол кэнниттэн тугу өйдөөн хаалбыттарын уруһуйдаан көрдөрдүлэр.

Күндү ааҕааччыларбытыгар Махтал сурук туттарылынна! Бары кыттааччыларбытыгар барҕа махтал!

Инникитин даҕаны маннык ситимнээх үлэбит сайда турдун!