Олоҥхо декадатынан анаан сэтинньи 29 күнүгэр Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто сокуолатын иккис кылааһын үөрэнээччилэригэр тахсан Олоҥхо туһунан “Олоҥхо ыллыктарынан айан” диэн оонньуу нөҥүө билиһиннэрии ааспыта.


“Олоҥхо ыллыктарынан айан” остуол ооньуута оҕо олоҥхо туһунан билиитин кэҥэтэр, сахалыы тылын байытар, толкуйдуур, суоттуур дьоҕурун сайыннарар. Остуол оонньуутугар иккиттэн алтаҕа диэри оҕо оонньуон сөп. Айыы бухатыырдара уонна Кэрэ куолар буолан, кубик хараҕа көрдөрөрүнэн хаамаллар, араас сорудахтары толороллор:
- “Таабырынна таай”
- “Өс хоһоонун ситэр”
- “Олоҥхоттон ыйытык”
Оҕолор олус интэриэһиргээн оонньоотулар, элбэх саҥаны биллилэр.