Олунньу 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Хоро нэһилиэгэр “Алта остуол” диэн үгэскэ кубулуйбут түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии буолан ааста. Нэһилиэккэ 6 түөлбэнэн арахсан олоробут – Быйаҥ, Кэскил, Сайдыы, Билии, Ыаллыылар, Сайдам. Остуол оонньууларыгар 6 көрүҥҥэ күрэхтэһии буолла – бильярд, остуол тенниһэ, баарс хаарты оонньуута, дуобат, хабылык, хаамыска. Уопсай түмүккэ – 1 миэстэ Быйаҥ, 2 миэстэ Ыаллыылар, 3 миэстэ Кэскил түөлбэлэрэ ыланнар тэрээһиннээхтэрин көрдөрдүлэр, көрүҥнэргэ уопсайа 83 киһи (теннис 14, баарс 16, бильярд 14, дуобат 17, хабылык 11, хаамыска 11) дьоһуннаахтык сынньанан, үөрүү көтөллөөх дьиэлэригэр тарҕастылар?????????