Василий Иннокентьевич Степанов – Бучугурас бөҕөс 1909 сыллаахха балаҕан ыйын 8 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Мэйик нэһилиэгэр Түүкээн үрэх тардыытыгар ,Садыҥ элгээн, алааһыгар күн сирин көрбүтэ.Бииргэ төрөөбүттэрэ 14 тэр ,онтон 5 буолан ордоллор ,атын бииргэ төрөөбүттэрэ бэрт кыраларыгар оһолго ,дэҥҥэ түбэһитэлээн төннөллөр. Аҕалара Балаҕан аҕатын ууһун киһитэ нэһилиэги иилээн, саҕалаан төрүттээбит бас,көс дьонтон утум удьуордаах .Бэйэтигэр сөп, эттээх-сииннээх иҥиир, ситии киһи, Улар Эҥэнтэй орто уҥуохтаах атаҕынан кытыгырас эбит, сүөһү уулата киирдэҕинэ тоҥуу хаарҕа атах оонньуур дьарыктаах, эбит.баардаах буолан оннук тэбэнитирэн ылар идэлээх.Ийэтэ Дьаах кыыһа Ылдьаана диэн бөдөҥ, улахан дьахтар диэн ,көрбүт дьон сэһэргээччилэр ,Баламат күүстээҕинэн биллэр, иһиллэр ,биирдэ торуой бириискэ тустар уола Куртуйах диэн уола атыыры кыайан сулардаабакка турарын көрөн 9 ыйдаах ыарахан сылдьан атыыры сиэлиттэн тутан туран сулардаан биэрбит ,дьэ, уонна уолун Куртуйах Мэхээлэни сутурҕалаабыт ,сылгы иннин ылбат эрээригин күүһүмсүйэҕин диэн ,кыыһырбыт, Биир ,кэпсээҥҥэ ахтылларынан ыһыах кэмигэр Улардарга Көтүтэр Көстөкүүн диэн эр, бэрдэ таарыйар ,Өлүү түбэлтэлээх Ылдьаана улахан мас тэриэлкэҕэ эт хоторон күөстэнэр дьиэтиттэн иһэрин көрсөр. КӨТҮТЭРИҤ бэтиэхэлээх киһи буоллаҕа ,Ылдьаана икки илиитэ иллэҥэ суоҕун көрөн ,хаадьылаһа түһээт ,тутан, хабан ылаары үөһэ диэкиннэн сараҥнаан истэҕинэ ,күөх окко тэриэлкэтин уураат ,дьэ, оонньоһор буоллаххына ,оонньоһуохха диэн ,баран ,икки илиититтэн ылан эргичитэ түһээт элээрдибитэ, бу, сарсыардааҥы ньирэй сааҕар сирэйинэн түһэрэр, Инньэ гынан Көтүтэр ыһыахтаабакка дойдулуур. Бучугурас Баһылай кыыс нарын киэҥ холку майгылаах эр киһи бастыҥа .Оҕо, эдэр сааһыгар оонньообут тааһа ,Түүкээн үрэх үөһэ, Мохсоҕол көтөр анаан сымыыттыыр Мохсоҕоллоох хайатын оройугар сытар,элбэх күнү, дьылы хаары, самыыры түһэрэн сытаахьыыр. Хаһан, эрэ Бучугурас ытыһыгар хабылыктаабыт ,оҕо курдук бүөбэйдээн оонньообут тааһа. Бучугурас отуттан лаппа тахса бууттаах ыйааһыннааҕы түөһүн тылыгар диэри хайа, баҕарар көтөҕөрө үһү. Кини, биири этэр эбит,”киһи төһөнү баҕарар көтөҕүөн сөп, хата ону, сото уйуо суоҕа” диэн.Көтөҕөр, сүгэр үрдэлин биллэрбэккэ бараахтаабыта.