
Кулун тутар 22 күнүгэр Александр Дмитриевич Филиппов аатынан культуура киинигэр “Ырыа буолан, иэйии буолан хоһоон буолан эргиллиэм ” Саха Республикатын туйгуна, мелодист, ырыаһыт, баянист Александр Филиппов 70 сааһын көрсө, кини ырыаларыгар ноталаах хомуруунньугун сүрэхтэниитэ буолан ааста. Бу киэһэ А.Филиппов ырыалара баян дьикти тыаһыгар доҕуһуолланан, кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары олус долгутта. Ахтыы киэһэтигэр Саасканы кытта бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрэ Аграфена Долгунова, Николай Чуручанов, Николай Евдокимов, кулуубун коллектива Елизавета Евдокимова, Тамара Семенова, үөрэппит оҕолоро Наталья Алексеева, Вилена Ларионова, кэргэнэ Федора Васильевна, кыыһа Альбина Александровна чугас киһилэрин ахтан санаан аастылар.

