
Кулун тутар 16 үнүгэр Хоро нэһилиэгэр байыастар сырдык ааттарыгар анаммыт буулдьаннан ытыы күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык тэрилиннэ.
Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга дойду иннигэр ытык иэстэрин толоро сылдьан сырдык тыыннарын толук уурбут Хоро хорсун уолаттара – разведчик Алексей Александров, капитан, снайпер Григорий Николаев уонна рядовой, старшай пулеметчик Семен Кузьмин үтүө ааттарын үйэтитэр ытыы күрэҕэр 18 хамаанда муһунна.
Күрэхтэһии үөрүүлээх арыллыытыгар байыастар чугас дьонноро, төрөппүттэрэ, оҕолоро улуус баһылыга Валерий Николаев, солбуйааччыта Анна Уларова, улуус мунньаҕын дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов, спортупралениетын салайааччыта Егор Николаев кыттыыны ыллылар. Ону таһынан Анал байыаннай дьайыыттан уоппускаларыгар кэлэ сылдьар үс уол ыалдьыттаатылар.



