
1961 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр аан бастакытын куйаарга Юрий Гагарин тахсыбыта. Кини “Восток” хараабылынан, оччолорго биллибэт эйгэҕэ, киэҥ куйаарга 1 чаас 48 мүнүүтэ устата сылдьыбата. Онтон ыла куйаары дириҥэтэн чинчийии, кун бүгүнүгэр диэри ыытыллар. Бу бэлиэ күҥҥэ сыллата Космос туһунан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэллэр. Хоро олохтоох библиотеката алын кылаас уонна Кэскил уһуйаан оҕолоругар бэрт сэргэх тэрээһиннэр буоллулар.


