Саха сирин олохтоохторо бу күнү – айылҕабыт уһуктан, күлүм күммүт сылааһынан угуттаан, тула өттүбүт чыычаах ырыатынан туолан, күөххэ үктэнэр дьикти кэрэ кэммитин – үөрэ-көтө көрсөбүт. Өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, алаадьы, кус минэ буһаран, аймахтарбытын, доҕотторбутун, ыалларбытын кытта улахан остуол тула мустабыт.

Бу күннэргэ тыа сирин олохтоохторо сүөһүлэрин үүрэн сайылыкка көһөллөр. Биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр сайылык хаһаайыстыбатын сайыннарыы төрүт үгэһи чөл хаалларар соруктаах эрэ буолбакка, экэниэмикэ өттүнэн көдьүүстээх. Ол курдук Хоро нэһилиэгиттэн 20 км.ыраах сытар Сээҥээби түбэтигэр сытар “Эбэ” диэн сиргэ хоро5ор муостаа5ы өрө туппут Хоро нэһилиэгин биир ытык кырдьаҕаьыгар ыалдьыттаатым. Семен Михайлович Дмитриев 82 сааьыгар сылдьар диэтэххэ оҕонньор кытыгырас, буруолуу сылдьар хаһыат,сурунаал тутан өссө да кэлэ тур диэн ынырда.