“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” тэрээһинэ Хоро нэһилиэгэр үрдүк таһаарыылаахтык ааста.Г.Н. Чиряев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара сарсыардааҥҥы эт-хаан хамсаныыларын оҥордулар. “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэригэр “Хаалыктаах хаамыы” дьарыгын физинструктор Альбина Филиппова көрдөрдө.Дойдубут дьонугар “Чөл – олох төрдө” чэбдигирдэр хамсаныылары көрдөрдө спорт ветерана Савва Васильев. Ол кэнниттэн, хаалыктаах хаамыы дьарыгар бэйэ сатабылларын үллэһиннилэр.Олохтоох участковай балыаһа фельдшера Наталья Трофимова “Доруобуйа тула” төгүрүк остуолу ыытта.Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бар дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит!



