“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” бырайыак “Доруобуйа чааһа” үһүс тэрээһинэ тэрилиннэ!
“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн “Доруобуйа чааһа” тэрээһин буолан ааста.
Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эт-хаан чэбдигирдэр хамсаныыларын кылаастарынан оҕолор бэйэлэрэ оҥортордулар.
“Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ сылы быһа эргиччи сиир битэмииннээх оҕуруот астарын хостоотулар уонна орто бөлөхтөргө Альбина Филиппова хамсаныылары көрдөрдө.
Ол кэннэ олохтоох библиотека5а участковай балыыһа үлэһиттэрэ тумууну утары нэһилиэк олохтоохторугар вакцина туруордулар.





