Волга кэтэҕэр биһиэхэ сир суох!”
(Сталинграды босхолооһун 82 сыла)

Киһи аймах устуоруйатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биир саамай кырыктааҕынан уонна хаан тохтуулааҕынан Сталинградтааҕы кыргыһыы буолар. Икки өттүттэн: кыргыһыы хонуутугар охтубуттарынан, бааһыран госпиталларга киирэн өлбүттэринэн, сураҕа суох сүппүттэринэн фашистскай Германия 1,5 мөлүйүөн сэрииһитин, ССРС 1,1 мөлүйүөн буойунун сүтэрбиттэрэ.

1943 сылтан Кыһыл Аармыйа сэрии хаамыытын тосту уларытан, далааһыннаах байыаннай эпэрээссийэлэргэ ситиһиилэнэн, гитлеровскай Германия сэриилэрэ кими-тугу да утары көрдөрбөт, сабырыйар модун күүстэрин-кыахтарын туһунан бүрүүкээбит өйдөбүл алларыйан-симэлийэн, халабырдьыт өстөөхтөр өрүттүбэттик сүүскэ бэриллэн, кэннигэр тэбиллэн барбыттара.

Сталинград анныгар кыргыһыыга 2 мөлүйүөнтэн тахса буойун кыттыбыта. Кыһыл Аармыйа ньиэмэстэри эрэ кытта буолбакка, румыннары, италиялары, хорваттары, венгрдэри утары сэриилэспитэ. Сталинграды босхолооһун байыаннай суолтатынан вермахт уонна кини куомуннаахтара Аллараа Поволжье уонна Кавказ сирдэрин-уоттарын итиэннэ Бакутааҕы ньиэп баайдаах сирдэри былдьыыр кутталларын бопсубута буолар.

Сэбиэскэй Сойуус бу кыргыһыыга килбиэннээх кыайыытын түмүгэр Турция 1943 сыл сааһыгар ССРС-ка тоҕо ааҥнаан киирэр былаанын тохтоппута. Оттон Япония Сибииргэ похуоттуур идьиэйэтиттэн аккаастаммыта. Румыния, Италия, Венгрия судаарыстыбалара сэрииттэн тахсар итиэннэ Англияны, АХШ-һы кытта сепаративнай эйэлэһиини түһэрсии суолларын көрдөөн барбыттара.

1943 сыл олунньу 23 күнүгэр АХШ бэрэсидьиэнэ Ф.Д.Рузвельт Кыһыл Аармыйа Сталинград анныгар кыайыытынан сибээстээн эҕэрдэлээһинигэр: “Сталинградтааҕы умнуллубат кыргыһыыга Кыһыл Аармыйа өстөөҕү самнарбыт эрэ буолбакка, устунан Балтикаттан Хара муораҕа диэри фронт былаһын тухары киэҥ далааһыннанан иһэр улууканнаах кимэн киириини саҕалаабыта”, – диэн улаханнык сыаналаан турар.

Өстөөх өрүттүбэт охсууну ылбыта
истиэпэннээх Албан аат уордьанынан наҕараадаламмыта. Байыаннай миэдиктэр Т.Е.Сосин, А.Н.Сизых буулдьа ардаҕын аннынан бааһырбыт буойуннары эмтээбиттэрэ, суһал көмөнү оҥорбуттара. Сэтинньи 23 күнүттэн саха буойуннара кимэн киириигэ актыыбынай кыттыыны ылбыттара. Сэтинньи 26 – ахсынньы 8 күннэригэр кыргыһыыга гвардия капитана Д.Д. Оллонов тааҥкатын экипаһа өстөөх орудиетын, тааҥканы сууһарар икки буускатын, түөрт минометун, 65 саллаатын, эписиэрин суох оҥорбута. Оттон кини ротата 435 фашист саллаатын, эписиэрин кыргыбыта. 4-с гвардейскай тааҥкабай корпус састаабыгар майор П.П.Павлов хорсуннук сэриилэспитэ. 14-с стрелковай корпус ыстаабын начаалынньыга полковник А.И.Притузов (кэлин генерал-майор) бойобуой дьайыылары сатабыллаахтык салайбыта. Аптамаатчыктар роталарын политруга М.А.Васильев хамаандатынан рота саллааттара 100-тэн тахса фашиһы билиэн ылбыттара. Бу үгүстэн ойо тардан холобурдар.