“Сахалыы дьыктаан”

Хоро нэҺилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах сахалыы дьыктаан суруйуута буолла.Саха фронтовик суруйааччыта Тимофей Сметанин “Кыайбыттар ыһыахтара” диэн айымньытыттан бэлэмнэммит тиэкиһи Хоро орто оскуолатын алын сүҺүөххэ ветеран учуутала Мариса Васильевна Николаева суруттарда.”Бастыҥтан бастыҥ суруксут” үрдүк ааты Айталина Николаева, “Бастыҥ суруксут” Хаар Семенова, “Үчүгэй суруксут”Октябрина Филиппова ыллылар.Онтон атыттар туоҺу суруктары туттулар.Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт сүппэккэ үүнэ-сайда турдун.