Үөһээ Бүлүү улууһугар Кыайыы Знамятын эстафетата түмүктэнэр.
Бүгүн, олунньу 19 күнүгэр, Хоро нэһилиэгэр Дүллүкү нэһилиэгиттэн Кыайыы Знамятын көрүстүбүт.
Кыайыы Знамята 3 күн устата Харбалаах, Тамалакаан, Ороһу, Балаҕаннаах, Нам, Кэнтик, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү нэһилиэктэринэн, үөрэх кыһаларынан сылдьан бүгүн Хоро нэһилиэгэр кэллэ.
Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт “Кыайыы Знамята” өрөспүүбүлүкэтээҕи эстафетатын чэрчитинэн Знамяны Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай Романов аҕалан, Хоро баһылыгар Альберт Ивановка туттарда.
Тэрээһиҥҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, сэрии сылларын оҕолоро, ытык бэтэрээннэр, оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар.
