Быйылгы сылга нэһилиэкпитигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ “Хоро нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата хас биирдии тэрилтэ нэһилиэнньэ олохтоохторугар биирдии тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыталларын курдук сонун этии киллэрбитин тэрилтэлэр өйөөннөр, бүгүн олохтоох дьаһалта тэрийиитинэн ♟♟шахмат күрэхтэһиитэ ыытылынна, киирсиилээх оонньуу түмүгүнэн оҕолорго Саша Нестерова 1 миэстэ🥇, Нестерова Юлия 2 миэстэ🥈 Еремеева Саяна 3 миэстэ 🥉ыллылар, улахан дьоҥҥо Семен Харас 1 миэстэ🥇, Сергей Александров 2 миэстэ🥈, Владислав Иванов 3 миэстэни 🥉ыллылар. Бу күрэхпитигэр барыта 10 кыттааччы кытыннылар, бэйэлэрин маастарыстыбаларын холонон көрдүлэр. Инникитин өссө сытыы киирсиилээх араас күрэхтэри ыытаарга тэрилтэлэртэн этиилэр киирэн эрэллэр.




