,,Библионочь-2025″

Бүгүн муус устар 26 күнүгэр, Саха сирин Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө уонна ,,Библионочь-2025″ акция чэрчитинэн
А. Д. Филиппов аатынан култуура тэрилтэтэ уонна олохтоох библиотека Улууспут 90 сылын, Улуу Кыайыы 80 сылын, Сахабыт сиригэр Ийэ дойдуну, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан “Өркөн өй” блиц- турнир ыытта. Манна сааһыттан тутулуга суох оҕолор да улахан да дьон кэлэн кыттыыны ыллылар. Тапталлаах Сахабыт сирин историятын төһө билэҕин диэн Блиц-турнир түмүгүнэн 🥇миэстэ Николаева Мариса Васильевна,🥈Григорьева Раиса Ивановна,🥉Музафарова Самира ыллылар, онтон Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах викторинаҕа 🥇Сайаана Еремеева,🥈Сайаана Климова буоллулар. Кыайыылаахтар грамотаннан уонна бирииһинэн наҕараадаланнылар.

,,Кыайыы лотуота ” кэлбит дьон сэҥээриитин ылла.

,,Окно Победы” – акция5а кэлбит дьон кыттыыны ылла.

Көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар өрүүтүн да бу курдук билиигитин-көрүүгүтүн хаҥата, байыта туруҥ диэн махтал тылларын тиэрдэбит!