“Кыай,хот”

Нэһилиэкпитигэр Аҕам саастаахтар күннэринэн “Кыай ! Хот ! ” 3 күннээх эти-хааны чэбдигирдэр, өйүү-санааны сааһылыыр аҕам саастаахтарга аналлаах күрэхтэрбит саҕаланнылар. Бүгүн күнүс 15ч. олохтоох библиотека дьиэтигэр “УКДУОБА” күрэх буолла. Манна бастакыннан Уксааҥҥа киирсэн 1 м. -Александр Афанасьевич Попов, 2 м. -Иван Иванович Тарасов, 3 м.- Семен Васильевич Обулахов тигистилэр,
Дуобакка
1м.- Александр Афанасьевич Попов
2 м.- Илья Ильич Саввинов,
3 м.- Мария Никифоровна Константинова буоллулар, онтон бүтэһик быһаарар
Баарыс күрэҕэр
1 м.- Иван Иванович Тарасов,
2 м.- Семен Васильевич Обулахов,
3 м.- Илья Ильич Саввинов ылан уопсай
УКДУОБА күрэххэ эрэллээхтик
🥇м – Александр Афанасьевич
🥈м.- Иван Иванович Тарасов,
🥉м.- Илья Ильич Саввинов ыланнар “Хоро нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын аатыттан мэтээллэринэн, Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.
Бүгүҥҥү тэрээһиммит күнэ мээнэҕэ буолбатаҕын дакаастаан соһуччу өссө биир бэлиэ умнуллубат түгэни утары уунна ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр шахмат Федерациятын президиумун састаабын чилиэнэ, сөбүлээн оонньуур “САДУОБА” күрэҕи айбыт Дмитрий Николаевич Мосорин үлэтинэн биһиги нэһилиэккэ кэлэ сылдьан күрэхпит кыттыылаахтарын кытта көрсөн кэпсэтэн, үйэлээх хаартыскаҕа түстэ.
Онон бүгүҥҥү күммүт күрэҕэ биир умнуллубат түгэни утары уунан дуоһуйууну бэлэхтээтэ, сарсын уонна өйүүн ыытыллар күрэхтэрбитигэр көхтөөхтүк кэлэн кыттаргытын күүтэбит, үүнэр күнтэн үөрүүтэ, сарсыҥҥы күнтэн сэниэтэ ылыҥ диэн ыҥырабыт🤗🤗🤗