✅ Бүгүн Тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт төрөөбүт күнүнэн ыытыллыбыт дьоро тэрээһинигэр биһиги нэһилиэктэн Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Саха Республикатын салалтатыттан өр сыллаах сыралаах үлэлэрин сыаналаан кыьыннары-сайыннары биьигини ууннан хааччыйар Тарасов Иван Ивановичка улуус социальнай – экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараада, А.Д.Филиппов аатынан кулууппут директора Семенова Тамара Егоровна СР Правительствотын социальнай -экономическай сайдыыта бөҕөргүүрүгэр кылаатын иһин Грамотатынан, нэһилиэкпит землеустроителя Кылыяров Дмитрий Дмитриевич Саха Республикатын социальнай экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин Благодарственнай суругунан наҕараадаланнылар.Өр кэмнээх сыралаах үлэҕит сыаналаммытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!!

Биьиги нэьилиэк Ытык киьитэ элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ, хос эбээтэ Спиридонова Елизавета Васильевна Улуус Бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэриллибитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ тапталларынан угуттанан уһун дьоллоох оло5у!
