,,Николашкиннар, Утум сал5анар”

Кулун тутар 29 күнүгэр Хоро олохтоох библиотекатыгар *Николашкиннар, “Утум сал5анар”*диэн дьоҺуннаах кинигэни сүрэхтээтилэр. Кинигэ Мария Герасимовна, Виктор Гаврильеич төрөөбүттэрэ 100 сылыгар анаан уоллара Семен Викторович кини кэргэнэ Антонида Ататольевна, кыыстара Елизавета Викторовна Спиридонова сүүрэн- көтөн о5олорун, сиэннэрин, аймахтарын, чугас ыалларын ахтыыларын хомуйан аа5ааччы киэҥ эйгэтигэр таҺаардылар. Кэлбит ыалдьыкка барыларыгар түөскэ кэтэр значок, кинигэ уонна тута хаартыска бэчээттээн илии тутуурдаах ыыттылар. Остуол тула олорон кэлбит ыалдьыт үтүө дьон Николашкиннар тустарынан истиҥ иҺирэх ахтыы оҥордулар.