Уруу-аймах ааттарын төһө билэҕин?

Бии — бииргэ төрөөбүт уолаттар улаханнара.

Ини — бииргэ төрөөбүт уолаттар кыралара.

Аҕас — бииргэ төрөөбүт кыргыттар улаханнара.

Балыс — бииргэ төрөөбүт кыргыттар кыралара.

Сурус — кыргыттарга бииргэ төрөөбүт кыра саастаах уол.

Хос эһэ — оҕо аҕатын, ийэтин эһэтэ.

Хос эбэ — оҕо аҕатын, ийэтин эбэтэ.

Сиэн — эбэ, эһэ оҕотун оҥото.

Хос сиэн — эбэ, эһэ сиэнин оҕото.

Абаҕа — оҕо аҕатын убайа.

Таай — оҕо ийэтинэн убайа, быраата.

Саҥас — убай кэргэнэ.

Сыган — аҕас-балыс оҕолор.

Күтүөт — кэргэн ылбыт уол кэргэнин урууларыгар итинник ааттанар.

Кийиит — эргэ тахсыбыт кыыс кэргэнин урууларыгар итинник ааттанар.

Аҕа кылына — күтүөт ойоҕун аҕата.

Ийэ кылына — күтүөт огйоҕун ийэтэ.

Уол кылын — кийиит убайдара, бырааттара.

Тойон — кийиит эрин аҕата.

Хотун — кийиит эрин ийэтэ.

Түҥүр — оҕолоро холбоспут аймахтыы эр дьон.

Ходоҕой — оҕолоро холбоспут аймахтыы дьахталлар.

Бэргэн — кыра кийииккэ улахан кийиит.

Бадьа — улахан кийииккэ кыра кийиит.

Биллэх — аҕас-балыс эрдэрэ.

Иитиэх аҕа — оҕо төрөппөтөх аҕата.

Иитиэх ийэ — оҕо төрөппөтөх ийэтэ.

Ньаадьы — Оҕону иитэ ылбыт уонна ииттэрэ биэрбит дьон.