
Киэҥ, сырдык аартыкка
Хоро, Улуу Хоролор. Хантан хааннаах, кимтэн киинээх омуктарый? Ол туһунан ситэтэ суох үһүйээннэр бааллар, олортон биирдэстэрэ.
…Үс Хоро Хаантан (үс курыкан) төрүттээх Улуу Хоро оҕонньор 770- ча сыллааҕыта тус хоту сири- дойдуну баһылыы кэлбитэ. Быһый оҕустаах Улуу Хоро оҕонньор саха сүөһүтүн, ынаҕын от үрэхтэринэн үүрэн аҕалан, саха омук дьылҕатын түстээбит, кырдьык да, аатын курдук сахаларга улуу киһи эбит. Киин курыканнартан төрүттээх, монгол – түүр тыллаах киһи буолуон сөп. Кинилэр кэлин кэҥээн, халыҥ аймах буолбуттар, олорор сирдэрэ Хоро дэммит.
Угут дьыл буолан, уу мотуога алдьатан ууга барбыттар, сорохторо атын сирдэринэн тарҕаспыттар, Хаҥалас Хоротугар 29 эрэ киһи хаалбыт, сорохторо Туймаада Хочотугар киирэн олохсуйбуттар. Тыгын өлбүтүн кэннэ Хоро аҕатын ууһун 7 киһитэ Туймаадаттан тахсан дьиэ кэргэттэрин илдьэ тус – туһунан улуустарга олохсуйбуттар. Ааттара: Асхаар, Хандайар, Быыгына, Өҥөтчөөн, Сортоҕор, Хохуора, Өҥөтөх. Дь, бу дьон кэлин Хоро диэн ааттаах нэһилиэктэри төрүттүүр аҕа уустарын баһылыктара буолан олорбуттара.
Үөһээ Бүлүүгэ Хоро сиригэр ол дьонтон кэлэн олохсуйан бултаан, балыктаан аһаан олорбуттар. Хоро аатынан нэһилиэктэр Бороҕоҥҥо, Арҕаа Хаҥаласка, Тааттаҕа, Намҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга баар буолбуттар.
… Историктар суруйалларынан, Бүлүү сиригэр 17- үйэ бүтэһигэр уонна 18- үйэ саҕаланыытыгар сахалыы тыллаах саха уустара көһөн кэлэн олохсуйбуттар. 1760- 1770 сс. олохтоохтортон дьаһааҕы хомуйарга аналлаах үс симиэбийэ (зимовье) тэриллэр: Үөһээ Бүлүү, Орто Бүлүү, Алын Бүлүү.
1775 сыллаахха Иркутскай губернияҕа (Саха сирэ кини састаабыгар киирсэрэ) икки провинция тэриллэр, ол иһигэр Саха сиригэр воеводство, биэс комиссарство үөскүүр, олортон биирдэстэрэ Үөһээ Бүлүүгэ. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтэ аан бастаан Түүкээн үрэх Бүлүүгэ түһэр биэрэгэр турбута.
1760 с. Симиэбийэ турбут сиригэр таҥара дьиэтэ, комиссарство уонна хааһына дьиэлэрэ, 7 ыал олорор дьиэлэрэ бааллара. Олорор сирэ табыгаһа суоҕунан 1783 сыллаахха симиэбийэ «Өлөҥнөөххө» көспүтэ. 1771 с. Манна 9 буолас (нэһилиэк) баар эбит, онтон Үөһээ Бүлүү, Орто Бүлүү, Сунтаар улуустара үөскээбиттэр. Буоластар ахсааннара хаста да уларыйбыт. 1808 с. 14 нэһилиэк, 1817 с. 13 буолас буолар. 1824 с. ҮөһээБүлүү уонна Марха диэн икки улууска хайыппыттар. Үөһээ Бүлүү улууһа аччаан 5 эрэ буолас хаалбыт.
…1835 с. 10 буолас тэриллэр, II Хоро буолас буолар. 1790- 1800 с. “буолас – нэһилиэк” диэн ааттары тэҥҥэ суруйаллара. 1830-1840 сс. нэһилиэк диэн ааттанар буолбуттар. 1839 с. икки Хоро нэһилиэктэрэ холбоһон биир нэһилиэк буолбуттар. 1911- 1912 сс. Бүлүү өрүһүн хаҥас өттүнээҕи 13 нэһилиэк холбоһон Арҕаа Бүлүү улууһа буолбут, Хоролор манна киирсэ сылдьыбыттар.
Үөһээ Бүлүү Хорото уонна Сунтаар Хорото биир аҕа ууһуттан төрүттээхтэрин быһыытынан биир нэһилиэк буолан олорбуттар. Үөһээ Бүлүү Хоролоро Сунтаар Хоротугар баран мунньахтыыллар уонна өлбүгэ харчытын илдьэн туттараллар эбит. Кэлин бу икки нэһилиэк дьаһанарга табыгаһа суоҕунан арахсарга күһэллибиттэр.
2021 сылга Саха Сиригэр Хоро нэһилиэктэрэ алтан бэчээт ылбыттара 250 сылын бэлиэтээн Хоро нэһилиэгэр киирии аартыкка оҕус көлөлөөх Улуу Хоро оҕонньор бэлиэлээх аарка туруорулунна.
Хоро нэһилиэгин библиотекаря Чиряева М.М.