“Аа5ар дьиэ кэргэн”

Дьиэ кэргэн – хас биирдии киьи баайа, эрэнэр тутаах дьоно, сырдык сылаас уйата буолар.

Ыам ыйын 15 кунэ Дьиэ кэргэн кунунэн Хоро оскуолатыгар Дьиэ кэргэн нэдиэлэтэ биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн нэьилиэк библиотекатыгар Хоро оскуолатын библиотекатын кытта холбуу  “Аа5ар дьиэ кэргэн” диэн ааттаах тэрээьин ыыттыбыт. Манна 5 дьиэ кэргэн кытынна (хамаанда5а биир ийэ уонна икки оскуола саастаах о5о киирэр):

1-кы хамаанда: Базюк Мария Степановна, кыргыттара Эрика уонна Сааскылаана;

2-с хамаанда: Иванова Наталья Ивановна, кыыьа Айхаана, уола Уйгун

3-с хамаанда: Львова Екатерина Анатольевна, уола Антон, кыыьа Бриллиана;

4-с хамаанда: Колтовская Саргылаана Андреевна, кыыьа Сайнаара, уола Платон;

5-с хамаанда: Иванова Прасковья Романовна, Кыыьа Самира, уола Сева.

Тэрээьин са5аланыытыгар тереппуттэр аа5ыыга сыьыаннаах анкета толордулар, “О5о5ун теье учугэйдик билэ5ин?” диэн кыра опросник-оонньуу аастылар, урукку уонна аныгылыы остуоруйаларга, мультиктарга сыьыаннаах викторина5а кытыннылар, бэриллибит тылтан тыл таьааран куоталастылар, нуучча Улуу суруйааччыта Александр Пушкин “Руслан и Людмила” поэматын, ону тэцэ биир дойдулаахпыт Николай Гаврильевич Павлов – Хацастай бу поэманы нууччалыыттан сахалыыга переводтаабытын мустубут дьиэ кэргэн бары икки тылынан доргуччу аахтылар.

Оонньуу тумугунэн бэрт учугэй кердеруулээх Наталья Ивановна, Айхаана уонна Уйгун хамаандалара бастакы миэстэни ыллылар. Иккис миэстэ буоллулар Екатерина Анатольевна, Антон уонна Бриллиана дьиэ кэргэттэрэ. Биир очко арыттаах Саргылаана Андреевна, Сайнаара, Платон хамаандалара уьус бочуоттаах миэстэ5э тигистилэр.

Хамаандалар бары грамотаннан, ейдебунньук бэлэхтэринэн на5араадаланнылар.

Кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр бар5а махталбытын тиэрдэбит. Еруутун да барытыгар кехтеехтук кыттыц, чэгиэн туруктаах, киэц-билиилээх, кинигэ до5ордоох дьиэ кэргэн буолуц!