“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоцхону 100 киьи аахта

Бэс ыйын 20-21 куннэригэр буолбут XV Олоцхо ыьыа5ар Уеьээ-Булуутээ5и кииннэммит библиотека тэрийэн ыыппыт республика5а аан бастакытын ыытыллар П.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоцхотун 100 киьи кыттыылаах уьун тыыннаах аа5ыта икки кун быыстала суох ааста. 

Бу сэдэх тэрээьиццэ республикабыт араас муннуктарыттан, Москваттан, Алтайтан 100 киьи кыттыыны ыллылар. Биир саамай ыраах сиртэн Турцияттан кыттыыны ылбыт, элбэх киьи керен- истэн билэрэ буолуо, Умид Шахин буолар. Умид сахалыы ыраас тылынан сацарарынан дьону сехтерде. Манна Хороттон Софрон Хобусаров уонна Хаарчаана Семенова кыттыыны ыллылар.