Саха народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап тереебутэ 105 сылын керсе

Алтынньы ый 25 кунугэр Саха норуотун талааннаах поэта Петр Николаевич Тобуруокап тереебутэ 105 сылын туолар. Петр Николаевич о5о литературатын классига буолар. Биьи бары да кини хоьоонноругар, остуоруйаларыгар, кэпсээннэригэр улааппыппыт. “Кып-кыра чычып-чаап…”, “То5о куммут тыгарый?”, “Мин А диэни билэбин…” “Эрдэ турбут о5олор” хоьооннор киьи ейугэр хатанан, биирдэ эмитэ санаан кэллиц да били о5о сылдьан, учууталыц уерэппитинии дьоьуннаахтык туттан доргуччу аа5а турарыц кестерге, иьиллэргэ дылы гынар. Онтон “Буквалар мунньахтара” остуоруйа о5о литературатын биир ураты айымньыта буолар.

Поэт угус элбэх хоьооно: “Мацан мастар, мааны мастар, хоцкуй-нуо5ай хатыцнар…”, “Эриэккэс да ырыа уеьэттэн кутуллар, оо, кэрэ да санаа сурэхпэр уьуктар…”, дьээбэлээх ис хоьоонноох “Ендеруускэ тиэтэйбэт”, “Синньигэсчэй кыргыттар сиэттиьэргэ учугэйдэр, кута-мата кыргыттар куустуьарга учугэйдэр…” – ырыа буолан билигин да ылланаллар.

Буетур Тобуруокап киьи оло5ун араас ерутун таарыйар, сахалыы уран тылынан арыйар айымньылардаах. Тереебут тылын баайын куускэ баьыйбыт диэтэрбит да5аны, поэт бэйэтэ суруйбутунан: “Миигин уус тыллаах да5аны диэйэ5ит, кырдьыгы кенетук этэбин, билэбин эьиги бэйэ5ит, кэрэтик да этиэх эрээригит, кэмчиэ5ит бэрдиттэн ньимийэ5ит”, – диэбит.

Петр Тобуруокап тереебутэ 105 сылын керсе, поэт оло5уттан 12 боппуруостаах викторина оонньуохха! Эппиэттэргитин кумаахыга суруйан олохтоох библиотека5а а5алан биэриц, эбэтэр ватсап нецуе, толору ааккытын уонна сааскытын ыйан туран 89142872418 нуемэргэ ыытыаххытын сеп. Викторина сааьынан хаачча5а суох. Тумук алтынньы 25 кунугэр тахсыа. Кыайыылаахтар грамотаннан, ейдебунньук бэлэхтэринэн на5араадаланыахтара.

  1. Петр Николаевич Тобуруокап диэн араспаанньата кимтэн уонна туохтан теруеттээх эбитий?
  2. Поэт о5о эрдэ5инээ5и таптал хос аата ким диэний уонна то5о инник ааттаабыттарый?
  3. Петр Николаевич оскуола5а уерэнэ сылдьан, бастаан хоьоон суруйан дьарыктанарыгар, ылыммыт псевдонима.
  4. П.Н.Тобуруокап айар улэтин суукка ханнык кэмигэр дьарыктанарын себулуур этэй?
  5. Поэт дьиэтигэр кэьиллибэт биир сурун быраабыла баар эбит. Ол туох быраабыланый?
  6. Петр Николаевич а5а дойду сэриитигэр туох быьыытынан сылдьыбытай?
  7. Бастакы музыкальнай комедията сыана5а суустэн тахсата турбута. Аата.
  8. Петр Николаевич оло5ун сурун идэтинэн 33 сыл устата эцкилэ суох улэлээбитэ. Кини идэтин аата.
  9. Петр Тобуруокап республика5а тиийэ киэцник биллибит айар тумсууну тэрийэн, ыраах суолга кетуппут поэт буолар. Ол тумсуу аата.
  10. Саха биир улуу поэта Эллэй Петр Николаевиьы ким диэн ааттыыр эбитий?
  11. 1976с. “Харас” диэн хоьооннор тылбаастарын хомуурунньугун таьааттарбыта. Ким хоьооннорун тылбааьай?
  12. Поэт о5олорго аналлаах бастакы кинигэтин аата.

Барыгытыгар ситиьиилэри!