- Георгий Никитич Васильев – Мандар – прозаик: “Бу псевдонимы ылыммытым, арааьа, алтыс сылыгар барда. Дьицинэн, эрдэттэн ааттаныахха баар эбит. Баьылайап диэн араспаанньа элбэ5э бэрт. Онон теьену да ай, суруйааччы баьаам элбэх Баьылаайаптарга суураллан, сутэн хаалар эбиккин. Ону дьэ ейдееммун, аат кердеен араастаан сыымайдаатым, онтукам адьас чугас ба5айы сылдьар эбит – Мандар диэн. То5о? 1. Орой мэник о5о сааьым Мандар алааска ааспыта. 2 . Бэйэм, мааман муоьугар, маска кыьан оцорор профессиональнай ууспун. 3. Дьиктиргиэм иьин, кэргэним терут уус Мандарова диэн араспаанньалаах. Дьэ уонна хайдах Мандар буолуо суохпун себуй?”
- Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай – поэт: Туйаарар – хонуу куерэгэйэ. ырыалаах чыычаах. Константин Николаевич айбыт хоьооннорун уонна ырыаларын син биир куерэгэй ырыатын курдук дьып-дьырыластар, дьуп-дьуруластар диэн санааттан Туйаарыскай диэн хос ааттанна5а диэн саба5алыаххайыц.
- Рафаэль Дмитриевич – Ба5атаайыскай – народнай поэт, сатирик: Ба5атай – эьэтин хос аата. Эьэтэ Рафаэлы бэрт кыра эрдэ5иттэн буебэйдээн, таптаан ииппит ,кербут-харайбыт, улаатыннарбыт, саха алыптаах остуоруйатыгар, сэьэнигэр абылаабыт. Суруйааччы эьэтин аьара таптыыра, ытыктыыра ,ссугуруйэрэ бэрт буолан ,эьэтин аатын уйэтитэн Ба5атаайыскай диэн псевдонимы ылыммыт.
- Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл уола – поэт ,олоцхоьут, тойуксут: А5ата Охонооьой уьулуччулаах талааннаах уус уонна тойуксут этэ. Кыыл Охонооьой кыстык угун са5а дьиэтэ, елбугэ сирэ суох буолан, дьол кердеье сир-дойду устун атах-балай барбыта. Ол иьин Кыыл Охонооьой диэн ааттаабыттар. С.А. Зверев а5атын хос аатын ылан Кыыл Уола диэн псевдонимы ылыммыт эбит.
- Николай Гаврилович – Якутскай – прозаик ,народнай суруйааччы: Николай Гаврилович аан бастаан суруйбут “Особняк Любы Одесской” айымньытын “Социалистическая Молдова” хаьыакка бэчээттээри гыммыттарын “мин кэпсээммэр ааппын да, араспаанньабын да туруоруохпун ба5арбаппын” диэбитин “учугэй кэпсээни суруйбуккун да автора суох бэчээттиир кыа5ым суох, ескетун эн ааккын дьоццо биллэриэххин ба5арбат буоллаххына атын ааты, араспаанньаны туруор” – диэбит редактор. Туох араспаанньаны туруоруо5ун автор ер толкуйдаабыт. Онтон тереебут Сахатын сириттэн тэйбитэ ер буолбутун ейдеен, дойдутун ахтыбыта бэрдиттэн Николай Якутскай диэн ааты туруорарга ейдеебут. Онтон ыла хойут суруйбут айымньыларыгар Николай Якутскайынан биллэр.
- Алексей Елисеевич Кулаковскай – Ексекулээх Елексей – саха уус-уран литературатын теруттээччилэртэн биирдэстэрэ: Ексеку – фольклорга хотойу остуоруйа, олоцхо уобараьыгар киллэрэн ааттааьын (Ексеку – сказочно шаманская птица, представляемая обыкновенно с двумя или тремя головами). “Ексекулээх аатын хос-хос аба5ата Ексекулээх Сэмэн (Сивцев) диэн киьи аатыттан ылбыт буолуохтаах”.
- Серафим Романович Кулачиков – Эллэй – народнай поэт: сахалар теруппут Эллэй – сацаны киллэрээччи уус. Кини бастаан бала5ан дьиэни туппут. Мас олоппоьу, остуолу, кытыйаны, чороону оцорбут. Суеьулэргэ туптэни куедьуппут. Эллэй былыргы саха культуратын со5урууттан а5алан саца сиргэ олохтообут ыьыах ыспыт, айыыларга алгыс эппит. С.Р. Кулачиков Эллэй диэн псевдонимы ылынан сахалар теруттэрин уйэтиппит, сахалыы хоьоон суруллар форматын, ньыматын байыппыт, сайыннарбыт народнай поэт.
- Никифор Кирикович Седалищев – Дьуегэ Ааныстыырап – прозаик: Дбуегэ – истиц до5ор, атас, до5ор кыыс. Никифор Кирикович эбэтин Ааныьы аьара таптыыра, ытыктыыра, онон кини аатынан Дьуегэ Ааныстыырап диэн псевдонимнаммыт.
- Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон – народнай суруйааччы: Суорун диэн тыл былыргы ейдебулэ кыратык да халбацнаабат, бигэ дьулуурдаах уонна ыар-дьиппэ майгылаах киьи диэн. Пекарскай тылдьытыгар: Омолон – родоначальник Ботурусского улуса, первый внесший ясак за свой улус. “Боотуруускай улуустан теруттээх, дьоьуннаах, киппэ, кытаанах, кыратык да халбацнаабат, бигэ дьулуурдаах” диэн ейдуеххэ сеп.
- Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай – поэт, прозаик, драматург, бедец общественнай-государственнай деятель, саха уус-уран литературатын теруттээччилэртэн биирдэстэрэ: “Мин Немугу Кээрэкээн ойуун сиэнэбин. Ол иьин Ойуунускай диэн ааты ылыммытым” диэн Платон Алексеевич бэйэтэ кэпсиир эбит.
- Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристин – прозаик, поэт: Семен Степановичтан то5о маннык ааты ылынныц диэн ыйыппыттарыгар:”Эрилик диэн тыл эриллэр-буруллар эбэтэр эрилкэй диэн курдук иьиллэр, учугэйбуолбат дуо? Оттон Эристиин диэн тыл уол о5о диэн суолта5а туттуллар”, – диэн быьаарбыт.
- Анемподист Иванович Софронов – Алампа – поэт, прозаик, драматург, саха уус-уран литературатын теруттээччилэртэн биирдэстэрэ: Тереппуттэрэ – а5ата Иван Корнилович, ийэтэ Елена Афанасьевна – куццэ кестубут кунду уолларын таптаан Алампа диэн ааттыыллара, ыцыраллара. Суруйааччы икки бастакы кэпсээнин (“Кэпсээн”, “Суллуукун кэпсээнэ”) Аттан Нуорунас (Таатта Софрона) псевдонимынан илии баттаан бэчээттэппитэ. “Чолбоццо” Софронов бэйэтин айымньыларын А.Кыайыгыыйап диэн илии баттыыра. Саха уул-уран литературатыгар Алампа диэн хос аатынан елбет уйэлэннэ.
Попов Иннокентий Куприянович “Саха суруйааччыларын псевдонимнара” кинигэттэн ылылынна.