Муус устар 19 күнүгэр Хоротооҕу библиотекабытыгар НВК САХА каналыттан кэлэн устан бардылар. Чуолаан Хоро иистэнньэҥнэрин “Сэгэйэ” (сал. Еремеева С.С.) түмсүүлэрин кэрэ, дьэрэкээн оҥоһуктарын уһуллулар. Ону тэҥэ Хоро нэһилиэгин араас түмсүүлэрин саллайааччыларыттан интервью ыллылар.
Ол түмүгүнэн бу уһуллубут матырыйаал субуотаҕа НВК каналга “Саҥа күн” биэриигэ көстүөхтээх.




