Бүгүнн ыам ыйын 15 күнүгэр Хоротооҕу ааҕар дьиэҕэ Дьиэ кэргэн күнүүгэр аналлаах тэрээһин ааста.
Хоро нэһилиэгин оҕо сайдар киинин “Кэскил” уһуйаан иитиллээчилэрин “Мин дьиэ кэргэним” диэн уруһайдарын выставката:


Ону тэҥэ оскуола алын кылаастарыттан биирдии оҕо төрөппүтүн кытары кэлэн квест уонна Поле-чудес оонньууларга көхтөөхтүк кытыннылар.
Квест оонььуу 4 түһүмэхтээх ааспыта:
10/10 – саха суруйааччыларын толору ааттарын псевдонимнарын кытары холбооһун:





Уруһуй таҥан, аныгыскы сорудаҕы булааһын:


Шифрынан туһанан кистэлэҥ айымньы сүрүн геройун уонна суруйааччытын таайаллар. Ол кэннэ ол кинигэ иһиттэн аныгыскы сорудахтарын көрдүүллэр.








Түргэн эппиэт. Судургу ыйытыктарга оҕо уонна төрөппүт хоруйдара төһө сөп түбэһэр эбитий.



Поле-чудес оонньууга сахалыы тыллары таайыыга көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оҕолор бу оонньууга бэйэлэригэр сахалыы саҥа тыллары таайан, бириис сүүйэн астыннылар.









Бары кыттааччыларга, учууталларга Наталья Ивановнаҕа, Виктория Александровнаҕа, Софья Еремеевнаҕа улахан махтал!