Былыр Саха дьоно-сэргэтэ көмүлүөк оһох иннигэр олорон олоҥхолуулларын сэргэ таабырыннаһар үгэстээхтэрин үгүстүк бэлиэтэнэр.

Саахалыы сурук-бичик ааптара Семен Новгородов саха таабырыннара оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга, булугас, өйдөөх буоларга туһалааҕын ыйара. Ол да курдук саха киһитэ былыр-былыргыттан бэйэтин тулалыыр эйгэтин: айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри, дьиэтин-уотун, туттар малын, туохха итэҕэйэрин туһунан уус-уран тылынан ойуулаан бэргэнник этэн таайтарар үгэстээҕэ.
Хас биирдии саха омук таабырына олус эриэхэбэй, киһи тутатына эппиэтиирэ уустук буолан өйү-толкуйу күүскэ үлэлэтэр.
Онон бүгүн саха таабырыннарын таайыахха, төһө билэрибитин көрүөххэ