Николай Струкин – Дьулусхан “Дойдум дьонугар” айар үлэтин выстапкатын тула аһа5ас кэпсэтии.

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр олохтоох библиотекабытыгар Николай Струкин-Дьулусхан “Дойдум дьонугар” диэн айар үлэтин быыстапкатын тула аһаҕас кэпсэтии ааста.

Николай  Струкин – Дьулусхан – сытыы бүрүөлээх журналист хаһыаттарга элбэхтик бэчээттэнэр, элбэх кинигэ автора. Россия журналистарын союһун чилиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуотттаах землеустроителя. Саха Сирин булчуттарын уонна балыксыттарын Союһун бочуоттаах чилиэнэ. Хоро нэһилиэгин уонна Үөһээ Бүлүү улууһун бочуотттаах олохтооҕо.

Николай Алексеевич балаҕан ыйыгар библиотекаҕа кинигэлэрин аҕалан выстапкаҕа туруорда.

Николай Алексеевич – Дьулусхан суруйбут хоһооннорун ырыа гынан дьиэрэтэллэр. Ол курдук,  Хоробут нэһилиэгин өрөгөйүн ырыата, ону таһынан кэнчээри ыччаттарбыт тапталлаах дойдубут туһунан ырыалары ыллланаллар. Көрсүһүүнү Дарина Винокурова «Биьиги Хоробут» диэн ырыаннан арыйда!

Георгий Николаевич Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ Аким Саяков уонна Олег Николаев ыалдьыттарга Николай Струкин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.

Хоро нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Тихонович Николай Алексеевичка махтал сурук уонна бэлэх туттарда! Онтон кэлбит ыалдьыттар санааларынан үллэһиннилэр, уруккуну санаан-ахтан аастылар. Бэрт истиҥ көрсүһүү буолан ааста.