





Алтынньы ый 1 күнүгэр саҥа-сонун “Алтынньы оһуохайа” диэн сахалыы тыыны сүргүтэр, кэлбит ый сахалыы итэҕэлинэн туох суолталааҕын арыйан кэпсиир тэрээһин ааста. Тэрээһини Хаарчаана Семенова уонна Антон Винокуров арыйдылар. Ол курдук Айыы сэһэнинэн алтынньы ый — Хотой Айыы, добдурҕа ыйа. “Түмсүүнү төрүттээччи, тэрээһини олохтооччу, далааһыннаах өйдөөх, эҥсиилээх санаалаах, өрөгөй талааннаах, санныгар саргылаах, түөһүгэр төлкөлөөх” диэн хотой уобараһын арыйар алгыс тыллара киһи түмэр, төрүттүүр, тэрийэр, или олохтуур ис кыаҕын кэрэһэлииллэр.
Алтынньы ыйга кыһын саҕаланар. Бу кэмҥэ Улуу добдурҕа буолар, сир тоҥор, хаар чараас. Аныгы кэмҥэ эти-сиини көрүнүү, санааны билсии, саҥа былааннары оҥоруу суолталаах.
Алтынньыга кыһыны уонна кэлэр сааһы билгэлииллэр. Алтынньы 14 күнүттэн муус устар 14 күнүгэр диэри кэмнэри атахтаһыннараллар, сайын өттө уонна кыһын өттө диэн. Сайын өттө кыһын өттүн баһыйар. Халлаан умайарынан кыһыҥҥыны быһаараллар.
Бу ыйга хаар эрдэ түстэҕинэ, саас хаар эрдэ ууллар.
Көтөҕө кыайан түспэтэҕинэ, көтөҕө кыһын хаар үрдүгэр түһэн, хаар саас эрдэ хараарар, уу кэлбэт. Сир тоҥуутугар, сир кырса төһө да муус киллэҥ буолбутун иһин, сотору соҕус халыҥ хаар түстэҕинэ, сир кырса куурар. Сир кырса муус буолбутун кэннэ хаар өр түспэтэҕинэ, сылгыга куһаҕан дьыл буолар. Бокуруоп иннинэ дьыл киирдэҕинэ, эһиилигэр кураан дьыл буолар. Элбэхтик ардаан баран тоҥордоҕуна, сирин силимнээтэ дииллэр. Эһиилигэр өҥ дьылы күүтэллэр. Дьүкээбил күүскэ умайдаҕына, тымныы кыһын буолар.
Алтынньы 7 күнүттэн, күн ат хаамыытынан кылгыыр.

А.Д. Филиппов аатынан култуура тэрилтэтин салайааччыта Тамара Егоровна маннык тэрээһиин ый саҕаланыытын аайы тэриллиэҕэ диэн эрэннэрдэ.

Онтон оһуохайы таһаардылар Георгий Николаевич Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Дарина Софронова уонна Эрика Базюк, Хоро нэһилиэгин ытыктабыллаах кырдьаҕаһа Прасковья Москарова уонна А.Д. Филиппов аатынан култуура тэрилтэтин үлэһитэ Хаарчаана Семенова.

“Ийэ тыл” түмсүүтүн салайааччыта Василий Иванов уонна Хаарчаана Семенова ыалдьыттарга бэрт эриэккэс инструмеҥҥа – кырыымпаҕа оонньоон иһитиннэрдилэр.

“Алтынньы оһуохайа” бэрт сэргэхтик ааста, ыалдьыттар дуоһуйа оһуохайдаатылар. Маннык тэрээһиннэр салҕана ыытылла тураллара олус үчүгэй, дьон кыттыыта кэҥии турдун.