Бу курдук алтынньы 5 күнүгэр Георгий Николаевич Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтиин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, драматург Дмитрий Федосеевич Наумов туһунан билэн, кинигэлэрин ааҕан-көрөн бардылар.

Миитэрэй Наумов билиҥҥи кэм биир биллэр, элбэхтик ааҕыллар суруйааччылартан биирдэстэрэ буолар. Ол курдук, кини “Дэриэбинэм барахсан”, “Тыа ыала барахсан”, Чомойор кыыһа” диэн айымньыларын дьон сэргээн ааҕар. Ону тэҥэ кини кэпсээннэрэ араас сурунаалларга уонна хаһыаттарга бэчээттэнэллэр.



Дмитрий Федосеевич Наумов биографиятыттан сырдаттахха маннык:
1948 сыл алтынньы 6 күнүгэр Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1977 сыллаахха Саха государственнай университетын бүтэрбитэ, идэтинэн зоотехник.
1971 — 1975 сыллардаахха Үөһээ Бүлүү “Сельхозтехника” тэрилтэҕэ оробуочайдыыр.
1975 — 1978 сыллардаахха Үөһээ Бүлүү Намыгар И. Барахов аатынан совхозка зоотехник;
1978 — 1979 сыллардаахха Нам орто оскуолатыгар (Үөһээ Бүлүү) учуутал;
1979 — 1983 сыллардаахха Нам сельсоветын исполкомун (Үөһээ Бүлүү) бэрэстээтэлэ;
1983 — 1990 сыллардаахха И. Барахов аатынан совхоз дириэктэрин солбуйааччыта – кормопроизводство сыаҕын начальнига;
1990 — 1992 сыллардаахха И. Барахов аатынан совхоз дириэктэрэ;
1995 — 2000 сыллардаахха Амма улууһун салалтатын баһылыга (кулубата);
2000 — 2003 сыллардаахха Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ;
2007 — 2008 сыллардаахха “Алмазы Анабара” генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта;
2008 сылтан Амма улууһуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан талыллыбыта, онно тыа уонна аграрнай политикаҕа бастайаанай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ.
Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ. Амма улууһун Ытык олохтооҕо. Саха сирин Суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.