Алтынньы ый 13 күнүгэр сарсыарда Хоро нэһилиэгин А.Д.Филиппов аатынан култуура дьиэтигэр Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах “Доруобай нэһилиэк” федеральнай проект чэрчитинэн ыытыллар хаалыктаах хаамыыга тэрээһин ааста.
“Хоро нэһилиэгэ” МТ Дьаһалтатын баһылыга Иванов Альберт Александрович тыл эттэ уонна Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах “Доруобай нэһилиэк” федеральнай проект чэрчитинэн ылыллыбыт 10 хаалыктары хаамыан баҕалаах дьоҥҥо тиксэрдэ.

Биһиги нэһилиэкпитигэр хаалыктаах хаамыыннан дьарыгырар Розалия Дмитриевна уонна Наталья Дмитриевна кэлбит дьону кытары сүбэлэринэн-амаларынан үллэһиннилэр. Ол курдук хаалыктаах хаамыы дьоҥҥо барытыгар туһалааҕын. Дьарыктанааччылар үгүстэрэ сөпкө туттан-хаптан хаампаттар эрээри. Хамсаныы-имсэнии, хайдах баҕарар туттан хаамыы доруобуйаҕа туһаттан атыны аҕалбатын. Ыраас салгыҥҥа хаамыы туох буортулаах буолуой?! Доруобуйаҕа өссө биир улахан туһалаах ньыма – тыынарга эрчиллии. Холобура, искэр биэскэ диэри ааҕарыҥ устатыгар салгыны эҕирийэҕин, онтон эмиэ итиччэ кэм устата тыыҥҥын хаайаҕын, ол кэнниттэн эҕирийбит салгыҥҥын тыынан таһаараҕын. Ити барыта – биэс ахсааҥҥа диэри ааҕарыҥ устатыгар. Итинник тыынар кэмҥин 5 ахсаантан 8 ахсааҥҥа диэри улаатыннарыахха сөп. Итинник тыыныыга хаан эргиирэ уонна лимфа систиэмэтин үлэтэ күүһүрэр.

Сис тоноҕоһо диэни бары билэбит. Киһи сиһэ 29 тоноҕостоох, олор бары үлэлиэхтээхтэр. Сис быччыҥнара, ньиэрбэлэрэ сөпкө хамсаныыттан уһукталлар, тымырдарынан, хорук тымырдарынан хаан хачайданара, эргийэрэ күүһүрэр. Хаалыктаах хааман иһэн анньынаргар тоноҕосторуҥ эргичиҥнэһэллэр, ол аата сөпкө үлэлииллэр. Тоноҕос икки ардыгар баар ньиэрбэлэр үлэлэрэ эмиэ күүһүрэр. Ол дьайыыта сүрэххэр, эккэр-сииҥҥэр – барытыгар тарҕанар.


Бу бастакы хаалыктаах хаамыны билсиһиннэрэр тэрээһин элбэх киһи интириэһин ылла. Итинник курдук салгыы хаалыктаах хаамыы сайдан, нэһилиэнньэ доруобуйата тупса туруо диэн эрэнэбит.