Хоро нэһилиэгин А.Д.Филиппов аатынан культуура тэрилтэтигэр комсомол 105-сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах “Комсомол – мин дьолум!” диэн квест-оонньуу ааста!
“Эн, комсомол – мин дьолум!” – бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына-дуоһуйа истэллэр. Сэбиэскэй кэм саҕана комсомоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ.

Квест-оонньуубутугар иккилии киһилээх 4 хамаанда кытынна. Тэрилтэ иһинэн 5 станцияннан сылдьан сорудах толордулах.







Биэс түһүмэх түмүгүнэн I миэстэни “Кыһыл сулус” хамаанда Айталина Николаева уонна Октябрина Филиппова ыллылар. II миэстэ “Орлята” хамаанда Акулина Аммосова уонна Раиса Григорьева, III миэстэ “Алекпол” хамаанда Александра Евдокимова уонна Полина Тимофеева буоллулар.




Оонньуубут олус көхтөөхтүк-бэһиэлэйдик ааста! Күндү ыалдьыттарбытыгар көхтөөх кыттыыгыт иһин улахан махтал!

Ол оонньууга бэриллибит боппуруостары уонна да атыттары бу сигэнэн киирэн, хомсомуоллар тустарынан бэйэҕит билиигитин бэрэбиэркэлээҥ: