Сэтинньи оһуохайа!

Сэтинньи 4 күнүгэр А.Д.Филиппов аатынан Хоротооҕу култуура тэрилтэтигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Сэтинньи оһуохайа” ааста. Тэрээһини Хаарчаана Захаровна уонна Антон Юрьевич иилээн-саҕалаан ыыттылар. Хаарчаана Семенова салайар “Саһарҕа” бөлөх оҕолоро Егорова Лилиана, Захарова Яна уонна Никитина Зарина бастакытын хомустаан, оһуохай таһааран иһитиннэрдилэр. Ону тэҥэ оһуохайы таһаардылар Хоро нэһилиэгин ытыктабыллаах кырдьаҕаһа Прасковья Москарова, Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччитэ Дарина Софронова уонна А.Д. Филиппов аатынан култуура тэрилтэтин үлэһитэ Хаарчаана Семенова.

“Дорҕоон” бөлөх кыттааччылара оһуохайы доҕуһуоллаан киэргэттилэр.