Дапсы дьыктаана 2023

Сэтинньи 6 күнүгэр Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатыгар лиҥкибиис учуонай, тыл билимин хандьытаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев – Дапсы аатынан уонна үөрэҕин тарҕатыы чэрчитинэн, маны тэҥэ П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн үһүс төгүлүн ыытыллар Дапсы дьыктаана буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ Хоро нэһилиэгиттэн барыта 33 киһи кытынна, ол быыһыгар 15 оскуола оҕото. Дьыктааны тохсус кылаас оҕолоругар аахта саха тылын уонна литературатын учуутала Назарова Анна Ефимовна.

Иккис дьыктааны аахта саха тылын уонна литературатын учуутала Хобусаров Софрон Романович.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн туйгун сыанаҕа 3 киһи суруйбут: Константинова Татьяна Ивановна уонна ахсыс кылаас үөрэнээччилэрэ Винокурова Дарина уонна Нестерова Юлия. Кинилэргэ бүгүн Добун сурук туттардылар!

Үчүгэй сыанаҕа 16 киһи суруйда. Кытыыны ылбыт дьоҥҥо улахан махтал!