ХОРИНСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Билсиҥ, саҥа кинигэлэр

Ааптар «Оҕолор уонна аҕалар» диэн үйэлээх тиэмэҕэ хайа да түгэҥҥэ көнө, сөптөөх суолга, сырдыкка сирдиир ыллык баарын, оҕо оҕоҕо, улахан да киһиэхэ холобур буолар олохторунан, саха ыалын үтүө үгэстэринэн сиэргэ, эйэҕэс, амарах майгыга иитэр кэпсээннэригэр итэҕэтиилээхтик сэһэргиир.
Николай Якутскай “Булчуттар Үгэстэрэ”(Номохтор, кэпсээннэр)орто уонна улахан кылаас оҕолоругар.
Саха чулуу поэта, драматурга, норуодунай суруйааччыбу аатырбыт эпопея-романа саха классикатын биир бастыҥ айымньыта буолар.
Ааптар «Оҕолор уонна аҕалар» диэн үйэлээх тиэмэҕэ хайа да түгэҥҥэ көнө, сөптөөх суолга, сырдыкка сирдиир ыллык баарын, оҕо оҕоҕо, улахан да киһиэхэ холобур буолар олохторунан, саха ыалын үтүө үгэстэринэн сиэргэ, эйэҕэс, амарах майгыга иитэр кэпсээннэригэр итэҕэтиилээхтик сэһэргиир. Оттон «Былдьаммыт оҕо саас» пьесаҕа сэрии кэмигэр ньуулдьаҕай саастаах оҕолор кыайыы туһугар хорсун үлэлэрэ патриотическай өйү-санааны  уһугуннаран, ааҕааччыны уйадыта долгутуо.
Бу айымньыга кэпсэнэр дьон эдэр саастарыгар оҥорбут алҕастара кэнэҕэскитин туох дьайыылаах буолла? Кэргэнниилэр олохторугар үһүс киһи, «көстүбэт күлүк» баара мэһэйдиир. Ол эрээри, кинилэр ол күлүк киһи иннигэр, төттөрүтүн, буруйдаах курдук сананаллар, олохторун тиэрэ эргитэргэ күһэллэллэр. Тоҕо? Сыл хонук ааспытын кэннэ куһаҕаны умнан, бэйэ-бэйэни бырастыы гынан, салгыы олоруохха сөп. Онуоха Панкратий Александров санаатынан, «дьылҕа хаан ыйааҕа», «олох оҥоһуута», «дьылҕаны утары барбаккын» диэн этиилэри сөпкө өйдүөххэ эрэ наада эбит…
В сборник вошли детективные рассказы разных лет, написанные на основе реальных уголовных дел, запутанных, сложных, имевших в свое время большой общественный резонанс и, к чести сыщиков, раскрытых по горячим следам. Рассказы знакомят с нелегкой службой якутских оперативников, впечатляют мужественными и яркими образами сотрудников уголовного розыска. Среди них есть выдуманный герой, подполковник милиции в отставке, сыщик Петр Петрович Мурунов, прозванный еще в молодости Золотой Пяткой, которому не сидится дома, и он по-прежнему в эпицентре раскрытия уголовных дел.
Впечатляющие рассказы, которые вырваны из самых разных временных и пространственных плоскостей. Эти мистические текстовые отрывки не привязаны к конкретным условиям, что добавляет каждому из них особенное настроение и смысл.
Страшный медведь, готовый загрызть заблудшего путника до смерти, странные сны, от которых веет могильной прохладой, убитая собственным мужем жена – лишь малая часть тревожных элементов этого зловещего сборника.
       Гоголев, Василий Иннокентьевич – Уйулҕан.
       Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона : исторический роман /  Василий Гоголев ; кинигэ таһын Д.Н.Мухин ойуулаата. – Дьокуускай : Айар, 2022. —  288 с.
        Исторический арамааҥҥа былыргы дьыллар быралыйармындааларыгар Хаҥаластан хайдан барбыт Тыгын Дархан күтүөтэ, бордоҥнор төрүттэрэ Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн Ойуун уолаттарынаан Ньурба сиригэр тиийэн ууһаан – тэнийэн, Ньурба улууһун төрүттэспиттэрин туһунан сырдатылла
Скрябин В.В. -Идэлги. Хааннаах сонор : сэһэн / Василий Скрябин — Идэлги. — Дьокуускай : Айар, 2023.
Бу дьиҥ чахчыларга олоҕурбут сэһэҥҥэ 1930 с. буолбут иэдээннээх быһылаан кэпсэнэр. Бүтүн Саха сирин үрдүнэн аатырбыт-сураҕырбыт Боссоойкону тутаары, эйэлээх нэһилиэнньэни кытары кыргыбыт чекистэр баһылыктаах этэрээт ыар дьайыытын ааптар көрбүт дьон кэпсээннэринэн, туох баарынан тириэрдэр. Айымньы обществоны баайга-дьадаҥыга, үрүҥҥэ-кыһылга хайытыы, утарыта туруортааһын хайдах курдук ыарахан содуллааҕын, киһиэхэ аһыныгаһа суох буолууну, хараҥа имэҥи уһугуннарарын уонна биирдиилээн даҕаны хорсун, чиэһинэй дьон-норуот туһугар элбэҕи оҥоруохтарын, дурда-хахха буолуохтарын сөбүн туһунан санааҕа аҕалар.