ХОРИНСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Ханыы күн- доруобуйа күнэ

Ханыы күнү Хоро нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ доруобуйаны тупсарыы тэрээһиннэргэ кыттан бэрт сэргэхтик атаардылар. Ол курдук “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордулар. Хоро нэһилиэгин хаалыктаах хаамыы түмсүүлэрин кыттыылаахтара сарсыарда аайы бөлөҕүнэн сибиэһэй салгыҥҥа хааман дьэгдьийэллэр. Участковай балыаһабытыгар Дүллүкүттэн стоматолаг быраас кэлэн нэһилиэнньэ олохтоохторун приемнаан эмтээтэ. Ону сэргэ нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар культурнай-спортивнай күрэхтэр араас көрүҥнэрэ нэдиэлэ аайы ыытыллар. Бу неделяҕа тэрилтэлэринэн ытыы күрэҕэ буоларынан, тэрилтэлэртэн командалар ыкса хойукка дылы “Дьулурҕан” спортзалга бэлэмнэнэллэр.