Хоробут нэҺилиэгин күн күбэй ийэлэрин, эйэ5эс эбээлэрин Ийэ күнүн нэдиэлэтин чэрчитинэн алиынньы 17-18 күҥҥэригэр, олохтоох библиотека5а Хоробут нэҺилиэгин көмүс тарбахтаах иистэнньэҥэ, дизайнер ҮөҺээ Бүлүүтээ5и “Тускул” о5о сайдар киинин педагога Гюльнара Владимировна Тарасова “Иис алыбар ылларан” – диэн маастар кылааска сахалыы кэҺиэччик киэбин, иис кистэлэҥин үллэҺиннэ. Эдэр,элбэх оҕолоох ийэ Евдокия Алексеева “Сэгэйэ” (сал.Семенова С.С.) иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин ийэлэригэр, эбээлэригэр бэрт сэргэх “Переображение” диэн кэрэ сэбэрэни тупсарыыга маастар кылаас ыытан сүбэлээтэ, үөрүүнү бэлэхтээтэ, түмсүү салайааччыта Сусанна Семенова баай фантазиятынан күндү түүлээхтэн тикпит оҥоһуктарын көрдөртөөтө, хайдах маннык тупсаҕай, кыраһыабай гына тигэргэ иис кистэлэҥнэрин үллэһиннэ, тэрээһиммит кыттыылаахтара күннээҕи түбүктэн сынньанан дуоһуйууну ылан тарҕастылар.