Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин байыаһа Александров Алексей Александрович хорсун быһыытын иһин Россия Президиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан бэриллибит “Орден мужестваны” дьиэ кэргэнигэр туттардым.Алексей Александрович 2022 сыл балаҕан ыйыгар хантыраагынан сулууспаҕа анал байыаннай дьайыы сиригэр барбыта. 2023 сыл тохсунньу ыйыгар геройдуу Аҕа дойду туһугар сырдык тыына быстыбыта.Алексей ийэтигэр Домна Алексевнаҕа, аҕатыгар Александр Николаевичка ис сүрэхтэн туохха да тэҥнэммэт сүтүккүтүгэр кутурҕаммын тиэрдэбин. Эһиги хорсун уолу, эр киһи килбиэннээҕин төрөппүт, ииппит үтүө быһыыгытыгар сүгүрүйэн туран махтанабыт.Алексей кэргэнигэр, оҕолоругар төһө да ыар сүтүктэммиккит иһин Аҕаҕыт курдук хорсун санаалаах, сырдыкка талаһар, Аҕаҕыт аатын ааттатар дьон буола улаатын диэн баҕа санаабытын этэбит.Анал байыаннай дьайыы сириттэн тыыннаахтыы эргиллибэтэх биир дойдулаах уолаттарбыт сырдык ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар холдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит. “Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон дьаһалтата, олохтоох муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталара туох баар бары кыахпытынан анал байыаннай дьайыы байыастарын дьиэ кэргэннэригэр олох-дьаһах боппуруоһугар көмөнү ыытарга аһаҕаспыт. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
#ОрденМужества#СВОихНеБросаемT.me/ValeriNikolaev