Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Хоро нэһилиэгин аҕа баһылыга Иванов Альберт Александрович көҕүлээһининэн “Хоро нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын үлэһиттэрэ аҕам саастаах олохтоохторун күндү, кэтэһиилээх ыалдьыт буолан тиийэр “Үөһээ Бүлүү” улуустарын хаһыатыгар сурутан, күндү, үйэлээх бэлэҕи утары ууннулар.Оонньооботох оҕо саастарынан, тыылга килбиэннээх үлэлэринэн Улуу Кыайыыны чугаһатыспыт, эйэлээх олоҕу тутуспут ытык-мааны дьоммутугар сылаас болҕомтолорун, патриоттуу өйдөрүн-санааларын олоххо киллэрбит Хоро нэһилиэгин дьаһалтатын маннык дириҥ суолталаах, дьоһун хардыыта атын да нэһилиэктэргэ, улуус бары тэрилтэлэрин салайааччыларыгар кырдьаҕастарбытыгар уҕараабат болҕомто, дойдуга бэриниилээх буолуу бастыҥ холобурунан буолуо диэн эрэнэбит! 👍👍👍👏👏👏
