ҮөҺээ Бүлүү хаҺыатын 52 сыл ынараа өттүнээ5и сүүрүү сонуна

Хоро орто оскуолата бастакы улахан ситиһиитэ этэ. Бу сүүрүүнү олох умнубаппын биһиги ахсыска үөрэнэр, бастакы выпустар тохсуска үөрэнэр кэмнэригэр ситиспиппит! Оччолорго Хабытчаров Гаврил физкультура учуутала этэ. Саас Уот сиэбит күөлүгэр эччийбитэ. Биир биэрэстэҕэ сүүрдэр этэ күөлү биирдэ эргийэн кэлэрбит. Ол саҕана ити икки этээстээх дьиэ да оскуола да суохтара. Григорьев Бүөккэ, Софронов Болуодьа, Ефремов Сааска, биһиги кылаастан Афанасьев Кеша, Федотов Лааһар уонна мин Николаев Куола буолан сүүс миэтэрэ хаалыар дылы тэбис тэҥҥэ эрбии биитин курдук эрийсэн кэлээччибит. Үксүн Григорьев Бүөккэ эбэтэр Софронов Болуодьа, Афанасьев Кеша бастааччылар. Бу үс уол иннилэрин биэрээччилэрэ суох. Кыргыттартан тохсус кылааска үөрэнэр Васильева Тамара ( билигин Данилова ) Яковлева Катя баалларын өйдүүбүн. Биһиги кылаастан Иванова ( Семенова) Марина, Михайлова Варя, Касьянова Ася бааллара. Эстафетаҕа 400 миэтэрэҕэ Афанасьев Кешаны туруорбута учууталбыт, биһигини кыахпытынан көрөн араас этаптарга туруортаабыта. Миэхэ 300 миэтэрэ тиксибитэ. Ыраахха Софронов Болуодьа уонна Григорьев Бүөккэ турбуттара. Кешабыт бастакы этапка түөрт сүүс миэтэрэҕэ бастакы кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ. Ол кэннэ биэрэстэҕэ сүүрэр уолаттарбыт Болуодьалаах, Бүөккэ хамаандабыт иккис буоларыгар сүрүн олок буолтара. Бу Хоро орто оскуолатын улахан ситиһиитэ этэ.

Бүгүн хаһыат бирииһигэр эстафета. Хоро оскуолатыттан урукку кэмнэргэ бастакы этапка мин өйдуүрбүнэн Афанасьев Кеша, Яковлев Айаал, Семенов Эдик бастаабыттара. Бэйэлэрин кэмнэригэр чаҕылхай уолаттар этилэр. Биир чаҕылхай уолбут Халыана Сааска арааһа бастакы этапкасүүрбэтэҕэ быһыыта. Кыргыттабытыгар Иванова Марина (Семенова), Федорова Лия, Никифорова Надя атахтаах кыргыттар этилэр 400 миэтэрэҕэ кыахтаахтык сүүрэллэрэ. Хоро ыалдьааччыларын элбэхтик үөрдүбүттэрэ.