“Ойуурдаах куобах охтубат-дьонноох киҺи тутайбат”

Нэһилиэкпит талааннаах, амарах санаалаах, эйэҕэс эбээлэрин түмсүүлэрэ “Сэгэйэ” (сал.Семенова С.С.), “Хотууна” (сал.Васильева Т.Л.)”Эйгэ” (сал.Григорьева Р.И.) түмсэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар саамай наадалаах доруобуйаларыгар туһалаах кытыанынан маас оҥордулар, онтон салгыы бадарааҥҥа атах таҥаһын үрдүнэн кэтиллэр,бадарааны сыһыарбат “Чуни” оҥоруохтаахтар. Бу курдук түмсүүлэрбит үтүө санааннан салайтаран үлэлээн биһиэхэ холобур буолаллар🤗🤗🤗